Биир кэлим босуобуйаны ылыыга уларыйыы киириэҕэ

Биир кэлим босуобуйаны ыларга быраабы хаҥатар туһунан этии киирдэ.

Чуолаан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаах көннөрүү бэлэмнэнэрин туһунан РФ Судаарыстыбаннай Дууматын Бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин иһитиннэрдэ.

Ол эбэтэр биир кэлим босуобуйаны ылыыга элбэх оҕолоох ыал дохуота быһыллыбыт сууманы муҥутаабыта 10% куоһардаҕына да, бу дьиэ кэргэҥҥэ төлөбүр 50% бэриллиэн сөп.

Санатар буоллахха, биир кэлим босуобуйа тиийинэн олоруу кээмэйиттэн кыра дохуоттаах 17-гэр диэри саастаах оҕолоох ыалга, итиэннэ оҕо күүтэр ийэлэргэ бэриллэр.