Бу күннэргэ Саха сирин соҕуруулуу-илиҥҥи өттүгэр инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр

Атырдьах ыйын 28 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-соҕуруу өттүгэр хаар түһэрин сылыктыыллар. Бу туһунан Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрэр.

Атырдьах ыйын 27 күнүгэр, Аллараа Ленскэй оройуонарыгар, Үөһээ Дьааҥыга сөкүүндэҕэ 15-17 түргэннээх тыалырыа.

«Атырдьах ыйын 28 күнүгэр Саха сирин хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр сорох сиринэн инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр, тыал элбэх оройуоннарга сөкүүндэҕэ 9-14 миэтирэ буолуоҕа», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Арктика кытылыгар күнүс аллараа Өлүөнэ устун тыал сөкүүндэҕэ 15-20 миэтирэҕэ тиийэ түргэтиэн сөп.

Ону таһынан, намыһах сирдэргэ, киин улуустарга уонна соҕуруу өттүгэр салгын температурата -1, — 3 буолуоҕа.