Бу сыл бастакы аҥаарыгар Саха сиригэр чох хостооһуна 38%-н үрдээбитэ бэлиэтэнэр

2022 сыл бастакы аҥаарыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 19 мөл тахса туонна чоҕу хостоотулар, былырыыҥҥы көрдөрүүгэ тэҥнээтэххэ 38%-нан элбэх.

Ол курдук, «Эльгауголь», «Колмар» уонна «Якутуголь» хампаанньалар көрдөрүүлэрэ үрдээбит.

«Билигин биһиги хампаанньаларбыт уустуктары көрсөллөр, ол эрээри билиҥҥи балаһыанньа биһиэхэ саҥа альтернативнай хайысхалары арыйар», — диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.