Чөркөөх түмэлэ Суорун Омоллоон аатын сүктэ

Норуот суруйааччыта, Үлэ Дьоруойа Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон көҕүлээһининэн, норуот күүһүнэн тутуллубут Чөркөөхтөөҕү полиссылка түмэлэ мантан ыла кини аатын сүгүөҕэ. Түмэл сиригэр-уотугар өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан үлэ кэлэктииптэрин күүһүнэн көһөрүллэн аҕалыллыбыт 20 араас тутуу баар.

Сүрүн эбийиэктэриттэн биирдэстэринэн XX үйэ саҥатыгар олохтоох маастардар туппут Николаевскай таҥараларын дьиэтэ буолар.