«Чохоон» оҕо YouTube бэстибээлэ ууратылынна

Коронавирус ыарыыта тарҕаныытыттан олохтоммут усулуобуйанан «Чохоон» оҕо YouTube бэстибээлэ ууратылынна.

«Аан дойду үрдүнэн коронавирус ыарыыттан олохтоммут усулуобуйа мөлтөөтө. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыалдьыы түбэлтэтэ бэлиэтэммэтэҕин үрдүнэн, тустаах быһаарыылары эрдэтинэ ылыныах тустаахпыт. Бастатан туран, элбэх дьон мустар тэрээһиннэрин тохтоторго», -диэн Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, кулун тутар 16 күнүгэр иһитиннэрдэ.