Чурапчыга байыастар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥордулар

Чурапчы улууһугар анал байыаннай дьайыыга кыттар буойуттар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэригэр теплицаны ыларга сертификат туттардылар.

«Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэригэр улуустан өйөбүл көрөммүт теплица ылалларыгар сертификаттары туттардым. Мантан сайын бэйэ оҕуруотуттан өлгөм үүнүүнү ыллынар!», — диэн улуус баһылыга Степан Саргыдаев эттэ.