ДНР-га Саха сирин тирэх пуунугар 50-тэн тахса квадроциклы ыыппыттар

Өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһоллубут «Сокол» диэн ааттаах 50-тэн тахса квадроциклы ДНР-га Саха сирин тирэх пуунугар ыыттылар. Бары вездехоттар байыаннай дьайыыга үлэлииргэ бэлэмнэр. Ону тэҥэ байыастарга эбии таҥаһы-сабы, атах таҥаһын ыытыы салҕанар.

Бу туһунан брифиҥҥэ ДНР-га Саха сирин тирэх пуунун бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрдэ.

«Ону тэҥэ күһүн саҕаламмытынан биһиги байыастарга Саха сиригэр оҥоһуллубут оһохтору ыытыахпыт. Байыаннай сулууспалаахтартан сайаапкалары хомуйбуппут», — диэн ДНР-га Саха сирин тирэх пуунун бэрэстэбиитэлэ эттэ.