Дойду ойуурдарыгар турбут уот барыта умуруорулунна. Бу туһунан «Авиалесоохрана» иһитиннэрэр.
Ааспыт сууккаҕа дойду үрдүнэн 94 га иэннээх сиргэ сэттэ ойуур баһаара умуруоруллубут.
2019 сыл сайыныгар ыксаллаах быһыы-майгы режимэ Саха сиригэр, Иркутскай уобалаһыгар, Красноярскай кыраайга уонна Бурятияҕа биллэриллибитэ. Сибиир уонна Уһук Илин сорох тыатын баһаар буруота бүрүйбүтэ.
Владимир Путин соругунан ойуур баһаарын кытары охсуһууга дойду Оборонаҕа министиэристибэтин көмө күүһэ уонна тиэхиньикэтэ кыттыбыта.
Дойду Ыксаллах-быһыыга майгыга министиэристибэ тириэрдэринэн, ойуур баһаарын сүрүн төрүөтэ уоту сэрэҕэ суох туттуу буолар. Саха сиригэр сүрүннээн кураанах этиҥнээх ардахтан ойуур баһаара турбут.








