Дьокуускайга «Саха сирин амтана» аһылык бэстибээлэ саҕаланна

Дьокуускайга «Саха сирин амтана» аһылык бэстибээлэ саҕаланна. Быйыл сэттис төгүлүн буолар. Үөрүүлээх арыллыыта «Атласовтар уһаайбаларыгар» буолла. Быйыл бэстибээлгэ «Мацури», «Бекетов», «Houston», «Kitchen», «Alprana», «Крыша» рестораннай кытталлар. Кинилэр повардара күннээҕи уонна саха аһылыгын астыахтара.

Бэстибээл туризм эйгэтигэр бүтүн россиятааҕы «Russian Event Awards – 2016» куонкурус кыайыылааҕа буолар. Тэрээһин алта күн устата ыытыллыаҕа.