Дьокуускайга тыһыынчаттан тахса дьиэни ититиигэ холбоотулар

Дьокуускайга 1 100 кэриҥэ элбэх кыбартыыралаах дьиэни ититиигэ холбоотулар. Бу дьиэ уопсай ахсааныттан үс гыммыт биирэ.

Ититиини биэрии балаҕан ыйын 6-10 күннэригэр ыытыллар. Бу туһунан куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрдэ.