Дьоруойдар ааттарын сүгэр алмаастар сертификаттарын Саха сиригэр биэрдилэр

АЛРОСА хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаевка Сэбиэскэй сойуус дьоруойдарын аатынан ааттаммыт 25 алмааска сертификаты үөрүүлээх быһыыга туттарда.

Бу «Саха сирин судаарыстыбаннаһын 100 сылыгар 100 ааттаах алмаас» диэн бырайыак чэрчитинэн оҥоһулунна. «Мин Саха сирин 100 сылыгар анаан өрөспүүбүлүкэҕэ көстүбүт 100 улахан алмааска Саха сирин чулуу дьонун аатын биэриэххэ диэн этии киллэрбитим. Кыайыы 75 сылыгар ол бырагырааманан алмаастар Сэбиэскэй сойуус дьоруойдарын аатын ыллылар», — диэбит Ил Дархан.

Алмаас куопуйаларын дьоруойдар төрөөбүт дойдуларын мусуойугар тиксэриэхтэрэ.

Салгыы алмаастарга Социалистическай үлэ дьоруойдарын аатын биэриэхтэрэ.