ДПС үлэһиттэрэ -50 кыраадыс тымныыга айанньыттары быыһаабыттар

Таһырдьы -50 кыраадыс тымныы сатыылаан турдаҕына, Хаҥаласка ДПС үлэһиттэрэ суолга алдьаммыт массыына турарын көрөн, айанньыттары быыһаабыттар.

Бу күннэргэ федеральнай «Өлүөнэ» улахан суолга ДПС түөрт үлэһиттэрэ суол кытыытыгар аварийнай бэлиэлээх массыына турарын көрбүттэр. Ол массыынанан уоллаах кыыс айаннаан испиттэр. Кинилэр Владивостоктан кыра массыынаны аҕалан испиттэр, онуоха тымныыга  массыыналара тулуйбакка алдьаммыт.

Суоппар ааһан иһэр массыыналары тохтото сатаабыт да, ким да кыайан көмөлөспөтөх эбит.

ДПС үлэһиттэрэ алдьаммыт массыынаны чугастааҕы кафе-гостиницаҕа диэри илдьэн биэрбиттэр. Онтон салҕыы уоллаах кыыс массыыналарын тиэйтэрэн дьиэлээбиттэр.