Бырабыытылыстыба бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччыта Дьулустаан Борисов Ил Дархан Анал туһаайыыта түмүктэри тыырар эрэ буолбакка, инники сыаллары торумнуур хайысхалары ыйбытын бэлиэтээтэ.
Уруккутун курдук, улахан болҕомто дьон олоҕо тупсарыгар ууруллуоҕа диэн эттэ. Итиэннэ оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, олорор усулуобуйаны тупсарыыга сорук туруоруллунна.
Сүдү тэрилтэлэр сайдыылара, тирэхтээх буолуулара, инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэрии – түһээн киириитэ намтаабатын туоһулуурун Дьулустаан Борисов бэлиэтээтэ. Экономика тирэхтээх буолуутугар бизнес сайдыытыгар болҕомто ууруохха наадатын эттэ.
Онон билиҥҥи уустуктары туоруурга сыал-сорук турар, инники былааннары торумнуур экономика сайдыытыгар олук буолуоҕа диэн эттэ.








