«Движения первых» хамсааһын сийиэһэ буолуоҕа

Саха сиринээҕи «Движения Первых» хамсааһын Бүтүн Россиятааҕы сийиэскэ кыттыаҕа.

Делегацияҕа аҕыс киһини талбыттар. Кинилэртэн биир киhи хамсааһын федеральнай сэбиэтигэр Саха сирин бэрэстэбиитэлэ буолуоҕа. 

«Движения первых» хамсааһын Саха сиринээҕи салаата дойдуга бастакынан арыллыбыта. Настаабынньыгынан Ил Дархан Айсен Николаев буолбута. 

«Движения Первых» хамсааһыны бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээһининэн тэрийбиттэрэ. Манна 4 мөл тахса киһи баар.