Үөһээ Бүлүүгэ «Аҕа уолунаан-2026» күрэх улуустааҕы түһүмэҕин кыайыылаахтара ааттаннылар

Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр ыытыллыбыт «Аҕа уолунаан – 2026» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх улуустааҕы түһүмэҕэ түмүктэннэ.

Буыйылгы күрэххэ Боотулуу, Оҥхой, Дүллүкү, Кэнтик, Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй, Нам, Хоро нэһилиэктэриттэн аҕалаах уол күүстэрин холонон көрдүлэр.

Кыттааччылар 8 көрүҥҥэ: «Бэйэни билиһиннэрии» (видеоролик), «Бэрэбинэни суорааһын», «Бэрэбинэни эрбээһин», «Мас хайытааһын уонна саһааннааһын», «Ойбон алларыы», «Остуолбаҕа ыттыы», «Кутаа оттуута уонна чэй өрөөһүнэ», «Биатлон» көрүҥнэригэр күөн күрэхтэстилэр.

Тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүгүнэн муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар:

1 миэстэ – Александр Иванович уонна Александр Захаровтар (Боотулуу нэһилиэгэ). Кинилэр «Үөһээ Бүлүү улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтата уонна Үөһээ Бүлүү улууһун Үөрэх тэрилтэлэрин профсоюһа туруорбут бирииһинэн 50 000 солкуобай харчыннан наҕараадаланнылар.

2 миэстэ – Айсен Егорович уонна Айаал Петровтар (Дүллүкү нэһилиэгэ). Кинилэр «Үөһээ Бүлүү улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтата туруорбут бирииһинэн — 25 000 солкуобай харчыннан наҕараадаланнылар.

3 миэстэ – Станислав Павлович уонна Леонид Михайловтар (Оҥхой нэһилиэгэ). Кинилэр Үөһээ Бүлүү улууһун спорт салалтата туруорбут бирииһинэн — 15 000 солкуобай харчыннан наҕараадаланнылар.