Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии саҕаланна

2022 сылга Үөһээ Бүлүүгэ буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии саҕаланна.

Ыһыах Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананыаҕа. Үөһээ Бүлүүгэ хас даҕаны эбийиэк тутуллуохтаах. Ол курдук, күн көрсөр сир, кымыс иһэр киин, Аал Луук Мас, тырыбыналаах киин түһүлгэ тутуллуоҕа.

Сүрүн тэрээһиннэр урукку өттүгэр Манчаары оонньуулара буолбут сиригэр ыытыллыахтара. Онно тыһыынча миэстэлээх тырыбына баар.

Ыһыах 2022 сыл бэс ыйын 24-26 күннэригэр ыытыллыаҕа. Санатан эттэххэ, быйыл Өлүөхүмэҕэ буолуохтаах ыһыах эһиилги сылга көспүтэ. Салгыы Олоҥхо ыһыахтара Өймөкөөҥҥө, Нерюнгрига буолуохтара.