Үөһээ Дьааҥы улууһугар чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ түмүктэннилэр

Ааспыт сайын ардах халааныттан эмсэҕэлээбит Үөһээ Дьааҥы улууһугар социальнай эбийиэктэри барытын чөлүгэр түһэрдилэр. Бу туһунан Айсен Николаев «Якутия, вперед!» биэриигэ иһитиннэрдэ.

«18 социальнай суолталаах уонна доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ өрөмүөннэннилэр. 3900-тэн тахса оройуон олохтооҕо харчынан көмө ылла», – диэтэ Ил Дархан.