Үөһээ Дьааҥыга ардах халааныттан эмсэҕэлээбиттэргэ гуманитарнай көмөнү хомуйуу саҕаланна

СӨ  Ыччат дьыалаларын уонна социальнай коммуникациялар министиэристибэтэ ардах халааныттан эмсэҕэлээбит Үөһээ Дьааҥы улууһун олохтоохторугар көмөнү хомуйан саҕалаата.

Хас биирдии малы наардаан, хомуйан бэлэмниэхтэрэ. Дьон-сэргэ манна кэтэр таҥастан саҕалаан, бородууктааҕа тиийэ аҕалыахтарын сөп.

Гуманитарнай көмөнү бу нүөмэргэ эрийэн билсэн туттараҕыт: Василий Потапов — 8-914-285-70 30

Олохтоохтору туора турбакка көмө аахсыйаҕа кыттыһаргытыгар ыҥыраллар!