Үөһээ Дьааҥыга биир уоту умуруордулар

Ааспыт сууккаҕа Үөһээ Дьааҥы оройуонугар биир баһаары булан умуруордулар.

Бу сарсыардааҥҥы туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн икки баһаар 42 га иэннээх мөлтөх суоллаах-иистээх, тэйиччи сиргэ умайар. Манна уоту бохсуу ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын быһаарыытынан тохтотулунна. Балаһыанньа суукканы эргиччи хонтуруолга тутуллар. Нэһилэнньэлээх пууннарга уонна экономика эбийиэктэригэр куттал суоһаабат.

Саха сиригэр ойуурга уот турууттун кутталлаах кэмэ саҕаланыаҕыттан 3770 гектар иэннээх 96 баһаар умуруорулунна.