«Эйгэ»: Оҕо сайыҥҥы лааҕырдара

Оҕо сайыҥҥы лааҕырдарыгар суруттарыы саҕаланар. Ол курдук, «Эйгэ» биэриигэ оҕо сайыҥҥы лааҕырдарын туһунан кэпсэппиттэрэ, хас, хайдах хайысхалаах лааҕырдар үлэлииллэрий, быйыл сайын хас миэстэ баарый, туох докумуон ирдэнэрий, төрөппүттэр ханна киирэн оҕолорун лааҕырга суруттарыахтарын сөбүй? Бу туһунан тустаах исписэлиистэр билиһиннэрдилэр.