Саха сиригэр геологоразведкаҕа 50 млрд солкуобайтан тахса үп көрүллүбүт. Бу туһунан Уһук Илиҥҥи сир баайын туһаныы форумугар кэпсэппиттэр.
«Экономиканы тупсарыыга минерально-сырьевой база сүрүн төрдө буолар. Саха сиригэр сир баайын хостооһун эйгэтэ валовай бородуукта 60%-нын ылар. Өрөспүүбүлүкэ алмаас хостооһунугар дойдуга бастакы, таас чоххо уонна көмүскэ — үһүс, ньиэпкэ уонна гааска бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар. Мин кулун тутарга бэрэсидьиэн Владимир Путиҥҥа Саха сирин минеральнай-сырьевой базатын улаатыннарыыга пилотнай регион быһыытынан бигэргэтэргэ уонна үбүлээһини элбэтэргэ этии киллэрбитим. Бу этиибин бигэргэттилэр», — диэбит Ил Дархан Айсен Николаев.
Кини этэринэн Саха сирэ геологическэй чинчийии өттүнэн намыһах көрдөрүүлээх — территориятын 12,6%-на эрэ чинчиллибит.
Сир баайын туһаныыга федеральнай агентство салайааччыта Евгений Петров бэлиэтээбитинэн, Саха сирэ ураты баайдаах, манна ханна да суох уонна олох аҕыйах сиргэ баар минераллар бааллар.








