Горнайдар саха тылын сөргүтэр соруктаахтар

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тылын сөргүтэр сорук күүскэ күөрэйэр.

«Улахан дьон элбэх нууччалыы кыбытыктары туттара сэдэҕэ суох. Оттон оҕолору ылар буоллахха, оҕо аныгы үйэ тэтимигэр оҕустаран, гаджеттары кытта тэҥҥэ улаатан нууччалыы толкуйдуур, саҥарар-иҥэрэр буолан иһэр. Сэттистэн аллараа кылаас оҕолоро нууччалыыллара баһыйар», — диэн төрөөбүт тыл дьылҕатын туһугар кыһаллар Горнай улууһун олохтоохторо бэлиэтииллэр.

Саха тылын сайыннарар, сүппэтин-симэлийбэтин диэн сыаллаах үлэлэһээри Бэрдьигэстээххэ «Саха тылын сайдыыта» түмсүү тэрийдилэр.