Горнайга «Аҕа күрэҕэ-2026» күөн күрэс ыытылынна

Бу күннэргэ Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр улуус таһымнаах, тыҥааһыннаах киирсиилээх, сонун түһүмэхтэрдээх «Аҕа күрэҕэ-2026» күөн күрэс буолла.

Аҕа оруолун үрдэтэр, уол оҕону төрүт дьарыкка уһуйар, дьиэ кэргэн ситимин бөҕөргөтөр улуустааҕы күрэс Орто Күөл алааһыгар үгүс дьону түмтэ.

7 түһүмэхтээх күрэххэ биэс бастыҥ дьиэ кэргэн аҕа баһылыга уолунаан сатабылларын көрдөрдүлэр.

Түмүккэ бэрт сэргэх, тыҥааһыннаах киирсиилэр кыайыылаахтарынан Бэрдьигэстээхтэн Николай, Дархан Константиновтар үһүс, Федор, Айтал Даниловтар Одунуттан иккис уонна муҥутуур кыайыылааҕынан быйылгы сылга Маалтааныттан Власий, Арчын Андреевтар ааттаннылар.