Горнайга бастыҥ уһуйаан сэбиэдиссэйин таллылар

Горнай улууһугар аан бастакытын «Уһуйаан бастыҥ сэбиэдиссэйин» быһаардылар.

Сонун күрэскэ биэс бастыҥ уһуйаан салайааччылара бэйэлэрин үөрүйэхтэрин, сатабылларын көрдөрдүлэр.

Күн устата ыытыллыбыт күрэс түмүгэр Бэрдьигэстээх нэһилиэгин «Родничок» оҕо сайдар киинин сэбиэдиссэйэ Ньургустаана Абрамова «2023 сыл бастыҥ сэбиэдиссэйэ» буолан үөрүү көтөллөннө.