Горнайга икки нэһилиэнньэлээх пуун уота суох хаалла

«Бэрдьигэстээх» подстанцияттан ситимнэнэн турбут 35 кВ Л-41 үрдүк күүрүүлээх линияҕа саахал тахсыбыт.

Биир тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх Өрт уонна Дьиикимдэ сэлиэнньэлэригэр уот суоҕа бэлиэтэнэр.

Ититии холбонон турар, хочуолунайдар саппаас генератордаахтар.

Миэстэтигэр уот барбыт биричиинэтин быһаара уонна туората Бэрдьигэстээх РЭС үлэһиттэрэ таҕыстылар.