Горнайга «Лего күнүн» бэлиэтээтилэр

Горнай улууһун киинин Бэрдьигэстээх «Сардаана» оҕо уһуйааныгар техническэй хайысхалаах улахан бөлөх иитиллээччилэригэр анаан Аан дойдутааҕы лего күнүн чэрчитинэн «Лего күнэ» диэн сэргэх тэрээһин буолла.

Сонун бырааһынньыкка кыргыттар «Лего» пирожнайдары оҥорон күндүлээтилэр.

Уолаттар легоны туһанан араас дьиэҕэ туттуллар туһалаах маллары оҥорон сөхтөрдүлэр. 

Маны таһынан атын бөлөх оҕолоругар лего быыстапкатын көрдөрдүлэр.