Хаҥалас улууһугар хонуу баһаарын умуруорбуттар

Дьокуускайга биир гектардаах сиргэ эмиэ баһаар баара бэлиэтэнэр. Маны таһынан, Үөһээ Дьааҥыга ойуур баһаарын умуруоруу үлэтин ыыталлар. Уот биэс гектар сири сиэбит.

Баһаартан сэрэхтээх буолуу сезона саҕаланыаҕыттан уопсайа 14 ойуур уонна 38 айылҕа баһаара бэлиэтэммит. Мантан 12 ойуур уонна тоҕус айылҕа баһаарын умуруорбуттар.