Халаан уутун иккис долгунун үөскээһинэ бэлиэтэнэр

Өлүөнэ өрүскэ муус барыыта өлгөмнүк Эдьигээн уонна хотугулуу-илин оройуонунан ааһар.

Ленскэй уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар уу таһымын үрдээһинэ, халаан уутун иккис долгунун үөскээһинэ бэлиэтэнэр. Маны тэҥэ киин улуустарга эмиэ уу таһыма үрдүүрэ күүтүллэр, халаан уутун иккис долгунун ааһыыта ыам ыйын 27-29 күнүгэр күүтүллэр.

Балачча үрдүк уу иккис долгуна, Алдан өрүскэ көстөр, Алдан оройуонун иһинэн уу таһыма кутталлаах кирбииттэн тахсыыта бэлиэтэнэр. Бу күннэргэ Алдан оройуонун Томмот уонна Чагда нэһилиэнньэлээх пууннарыгар уу таһыма үрдээһинэ салҕанан барара сабаҕаланар уонна нэһилиэнньэлээх пууннар намтаабыт учаастактарын уу ылара күүтүллэр.