Халаантан эмсэҕэлээбит Үөһээ Дьааҥы олохтоохторугар төлөбүр атырдьах ыйын 24 күнүгэр түмүктэнэр

Халаантан эмсэҕэлээбит Үөһээ Дьааҥы улууһун олохтоохторугар финансовай көмө төлөбүрдэрэ атырдьах ыйын 24 күнүгэр төлөнөн түмүктэнэр.

Материальнай уонна финансовай көмөҕө уопсайа 7 211 сайабылыанньа киирбит. СӨ экологияҕа министиэристибэтэ 99,6% сайабылыанньаны көрдө, 4651 үтүө түмүктээх.

Бүгүҥҥү күҥҥэ төлөбүрү 3213 киһи ылла. Бу Үөһээ Дьааҥы, Адыаччы, Боруулаах, Сартаҥ, Суордаах, Дулҕалаах, Элгэс, Бабушкин нэһилиэктэрин олохтоохторо буолаллар.

СӨ бырабыыталыстыбатын резервнэй пуондатыттан 29 мөлүйүөн 111 тыһыынча солкуобай көрүллүбүтэ.