«Халыма» айан суолугар биир балаһата аһылынна

«Халыма» айан суолунан Развилка бөһүөлэгин уонна Күбүмэ сэлиэнньэтин икки ардыгар суол үлэһиттэрэ сиҥнии сирин түргэнник ыраастаабыттар, билигин айаҥҥа туох даҕаны мэһэй суох.

«Атырдьах ыйын 26 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн 20:00 чааска тырааныспар бары көрүҥнэригэр биир балаһанан хамсааһын аһылынна: «Халыма» федеральнай трасса 546 км — 565 км уонна 599 км — 610 км», – диэн иһитиннэриигэ этиллэр.