Игорь Краснов Россия генеральнай борокуруорунан ананна

Тохсунньу 22 күнүгэр Федерация Сэбиэтэ Россия генеральнай борокуруорунан Игорь Краснову анаата. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.

Краснов кандидатууратын турууруу туһунан боппуруоһу сенатордар бары биир санаанан өйөөбүттэрэ бэлиэтэнэр.

Инники этиллибитинэн, инники Россия генеральнай борокуруорун дуоһунаһыгар олорбут Юрий Чайканы дойду бэрэсидьиэнин Северо-Кавказскай федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлинэн аныын туһунан этии киирбитэ.