Ил Дархан Быһа биэриитигэр 600-тэн тахса ыйытыы киирбит

Саха сирин дьонуттан-сэргэтиттэн балаҕан ыйын 27 күнүгэр ыытыллар Ил Дархан Айсен Николаев Быһа биэриитигэр боппуруостары хомуйуу салҕанар. Бүгүн олохтоохтортон 647 ыйытыы киирбитин региону салайар Киин иһитиннэрдэ.

Киин иһитиннэриитинэн, 302 ыйытыы колл-киин нөҥүө киирбит, 345 — телеграм-бот нөҥүө. Элбэх боппуруос Дьокуускайтан, Нүөрүҥгүрүттэн, Алдантан, Абыйтан, Лиэнскэйтэн, Мииринэйтэн уонна Орто Халыматтан киирбит.

Ыйытыылар хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү, эбийиэктэри тутуу, тырааныспар, суол хаһаайыстыбата, уот, доруобуйа харыстабыла, үөрэх, социальнай төлөбүр курдук тиэмэлэргэ сыһыаннаах.