Ил Дархан элбэх оҕолоох ийэлэри наҕараадалаата

Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит элбэх оҕолоох ийэлэри наҕараадалаата.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 33 тыһыынчаттан тахса элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн баар, ол иһигэр икки тыһыынчаттан тахса ыал биэс уонна онтон элбэх оҕолоох.

Уон ый иһигэр 9,5 тыһыынча оҕо күн сирин көрбүт — 2022 сылга өрөспүүбүлүкэ мөллүйүөнүс олохтооҕо баар буолара күүтүллэр.

Төрөөһүн көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥи уокурукка Саха сирэ инники күөҥҥэ иһэр уонна Россияҕа сэттис миэстэҕэ турар.