Ил Дархан федеральнай бүддьүөттэн 28 млрд солк. ылары ситистэ

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев федеральнай бүддьүөттэн 28 млрд солк. ылары ситистэ.

Бүддьүөт бырасыаһа федеральнай таһымтан регион таһымыгар көһөр. 2026 сылга дохуот чааһа – 337 млрд 36 мөл. солкуобай, ороскуота – 349 млрд 778 мөл. солкуобай.

Саха сирин бүддьүөтүн сүрүн ороскуоттара, атын регионнар курдук, олохтоохтор иннилэригэр баар социальнай эбэһээтилистибэлэри толорууга туһуланар.

Ол гынан баран, дойду саамай улахан иэннээх эрэгийиэнэ олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын систиэмэтин өйүүргэ улахан ороскуоту оҥорорго күһэллэр, Уһук Хоту тыйыс тымныытыгар үлэтэ улахан ороскуоту эрэйэр.