Ил Дархан харыйатын НВК «Саха» ханаалга көрүҥ

НВК «Саха» ханаалга Ил Дархан харыйатын бүгүн күнүс 15.00 чаастан көрүҥ. Быһа эфир мобильнай сыһыарыыга уонна nvk-online сайтка көстөр.

Ил Дархан үгэс буолбут харыйата Саха циркэтигэр буолар. Тэрээһиҥҥэ үөрэх туйгуннара, актыбыыстар, наукаҕа ситиһиилээхтэр ыҥырыллыбыттар.

Сыл аайы Ил Дархан харыйатыгар Саха сирин бары улуустарыттан 700 кэриҥэ оҕо кыттар. Кинилэр бары биир кэмнээх бириэмийэнэн наҕараадаланаллар.