Айсен Николаев үлэтинэн Нерюнгри куоратыгар тутулла турар «Култуура пааркатын» үлэтин хаамыытын кытта билистэ. Бу бырайыак былырыын бүтүн россиятааҕы куонкуруска кыайыылаах буолбута бэлиэтэнэр.
Быйыл сайын «Култуура пааркатын» тутуута саҕаламмыта. Бырайыак олоххо киирэригэр федеральнай бүддьүөттэн 150 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ.
«Нерюнгри киинигэр «Култуура паарката» тутулла турар. Онон олохтоохтор биир сүрүн сынньанар сирдэрэ буолар. Паарка тутуутугар олохтоох дьон-сэргэ санаатын учуоттуур ирдэнэр. Дьон сөбүлээн сынньанар сирэ буолуо диэн эрэллээхпин», — диэн Ил Дархан эттэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, «Култуура пааркатын» тутуута 2025 сыл сэтинньи 30 күнүгэр түмүктэнэр.









