Атырдьах ыйын 9 күнүгэр аан дойдутааҕы төрүт олохтоох норуоттар күннэрэ бэлиэтэнэр.
Саха сиригэр алта төрүт олохтоох омук олорор — сахалар, эбээннэр, эбэҥкилэр, чукчалар, долганнар уонна дьүкээгирдэр.
Саха сирин олохтоохторун бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.
«Үтүмэн үйэлэр тухары Саха сирин тыйыс айылҕатыгар иллээх-эйэлээх төрүт олохтоох норуоттар бииргэ олорон кэллилэр. Биһиги бары өбүгэлэрбититтэн бэриллибит дириҥ билиини, култуураны, тылы-өһү, үгэһи харыстыыбыт», — диэтэ Ил Дархан.
Айсен Николаев этэринэн, бүгүн Россия Хоту сирэ, Арктиката – судаарыстыбаҕа стратегическай суолталаах, сайдарга саҥа кыахтары биэрэр. Ону тэҥэ Ил Дархан билиэтээбитинэн, биһиги олохтоох норуоттар ураты олохторун-дьаһахтарын харыстыах тустаахпыт. Саха сиригэр төрүт норуоттар бырааптарын көмүскүүргэ улахан болҕомто ууруллар, олохторун-дьаһахтарын бары өттүн сүрүннүүр өрөспүүбүлүкэ сокуоннара ылыллаллар.
«Биһиги биир сомоҕо буолуубут өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут сайдыытыгар бигэ тирэх буолар. Төрөөбүт кыраайбыт туһугар таһаарыылаах үлэбит уонна дойдубут туһугар кыһамньыбыт, экэниэмикэ уонна социальнай эйгэ бастыҥнар кэккэлэригэр тахсарыгар төһүү буолла. Өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар, дойдубутугар олорор норуоттар дьоллоох кэскиллэрин туһугар өссө даҕаны күүскэ үлэлиэхпит диэн эрэллээхпин! Кытаанах доруобуйаны, дьолу, эйэни, этэҥҥэ буолууну, туруоруммут былааннаргыт олоххо киирэллэригэр баҕарабын!», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев түмүктээтэ.








