Ил Дархан цифровой көмөлөһөөччүлэниэҕэ

Ил Дархан Айсен Николаев нэһилиэлиэнньэни кытта быһа сибээстэһэригэр ахсынньы 15 күнүттэн «Цифровой көмөлөһөөччү» систиэмэтин киллэриэҕэ.

«Билигин искусственнай өй олох-дьаһах бары араҥаларыгар киирэрэ наадалааҕын ааһан олох ирдэбилэ буолла. Бүгүн университекка «Точка кипения» киинэ арыллыытыгар «Цифровой көмөлөһөөччү» диэн саҥа систиэмэ үлэҕэ киирэрин туһунан биллэрдим», — диэбит Айсен Николаев бэйэтин Instagram-ҥа сирэйигэр.

Саҥа «көмөлөһөөччү» дьоҥҥо эппиэт кэмигэр, толору тиийэригэр аналлаах.