Ил Дархан «Якутия, вперед!» биэриигэ ый түмүгүн таһаарыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия, вперед!» биэриигэ муус устар 4 күнүгэр «Якутия 24», НВК «Саха» ханаалларга уонна «Тэтим» радио нөҥүө ый түмүгүн таһаарыаҕа.

Бырагыраама эфирин НВК «Саха» ханаалга олохтоох бириэмэнэн 20:00 чааска уонна «Якутия 24» ханаалга — 20:30, «Тэтим» радиоҕа 21:00 чааска көрүҥ.