Ил Түмэҥҥэ буолбут мунньахха Арктика оройуоннарыгар көтөр аал сырыытыгар, билиэт сыанатыгар болҕомтону уурдулар.
Билигин салгынынан таһаҕаһы таһыыга балтараа мөлүйүөнтэн тахса солкуобай тиийбэтин туһунан СӨ тыраанспар министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Бу суума ааспыт сыллар ороскуотун сабыыга итиэннэ бу сылга харгыс суох буолуутугар туһааннаах.
Арктика оройуоннарыгар үбүлээһин тиийбэтэ бэлиэтэнэр. Мантан сиэттэрэн, рейсэ ахсаана аччаата, хаалбыт хайысхаларга ноҕорууска эбилининнэ, онтон билиэт сыаната үрдүү турар. Муниципалитеттар баһылыктара билигин балаһыанньа тыҥааһыннаах кирбиигэ турарын сэрэттилэр. Онтон уустук суоллаах-иистээх сиргэ көтөр аал атын нэьилиэнньэлээх пууннарга диэри тиийэргэ соҕотох ньыма буолар. Билиэт сыаната үрдүү турара нэһилиэнньэҕэ ыарахаттары үөскэтэр.








