Илиҥҥи экономическэй форум 2021 сыл балаҕан ыйыгар ыытыллыаҕа

2020 сыл балаҕан ыйыгар ыытыллыахтаах алтыс Илиҥҥи экономическэй форум эһиилгигэ көстө. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.

«Илиҥҥи экономическэй форуму бэлэмниир уонна тэрийэн ыытар хамыыһыйа быһаарыытынан 2020 сылга форум ууратылынна, 2021 сыл балаҕан ыйыгар ыытыллыаҕа», — диэн этиллэр.

Пандемия кэмигэр форум сүрүн чааһын ыытыыга уустуктар үөскээтилэр.

2019 сылга Илиҥҥи форум кэмигэр 3,4 триллион солкуобай суумалаах 270 сөбүлэһии баттаммыта, бу инники сыллааҕар 13 %-нан элбэх. Форумҥа 65 дойдуттан 8,5 тыһыынча киһи кыттыыны ылбыта.