Күүстээх санаа, бэйэҕэ эрэл олоххо тапталы үөскэтэр

Кэбээйиттэн төрүттээх Горнай улууһун Бэрдьигэстээх олохтооҕо, инбэлиит Василий Андросов мастан дьиҥнээх кэрэни оҥорон кэргэнин, оҕолорун, чугас дьонун үөрдэр.

Мас дьыалата Василий Андросовка үлэ эрэ буолбакка, дьиҥнээх эмтээһин буолар. Мас сыта, рубанок тыаһа, бэйэ илиитинэн тугу эмэ айар кыах. Бу барыта киниэхэ олох амтанын төнүннэрбит, саҥа ис хоһоонунан толорбут.

Улахан эчэйии Василий Семенович олоҕун үйэ саас тухары уларыппыт.

«Бастакы кэмнэргэ олус ыарахан этэ», – диэн кэпсиир. Туохха да наадата суох, сүтэн хаалбыт курдук сананар эбит. Хайдах салгыы олоробун диэн өйгө санааҕа оҕустарбыт.

Маҥнай ыарахан, ыарыылаах, табыгаһа суох, үөрүйэҕэ суох буолан ыарырҕатара. Ол эрээри дьаныардаахтык ылсан кэлин кэлээскэҕэ олорон күн устата дьарыгырар буолбут. Үнүстүрүмүөннэрин бэйэтигэр сөп түбэһэрдии тутта үөрэммит.

Бүгүн Василий Андросов мастарыскыайыгар кэрэ киэргэллээх түүлбэлэри, табыгастаах олоппостору, ыскамыайкалары булуохха сөп. Хас биирдии оҥоһук – бу ураты илиинэн чочуйуу, тапталынан уонна болҕомтонон толоруллубут.

Василий Андросов дьиҥнээх маастар, кини оҥоһуктара хараҕы эрэ үөрдэр буолбакка, киһи кыаҕар эрэли иҥэрэллэр. Уустук түгэннэргэ олоххо бэйэ миэстэтин булуохха уонна дьиҥнээх дьиктилэри айыахха сөбүн холобура.