Кангаласска саҥа оскуола үлэҕэ киириэҕэ

Кангаласска саҥа оскуола-уһуйаан кэлэр нэдиэлэҕэ үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэги Уһук Илиҥҥэ бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев дьаһалынан туппуттар. Билигин кыра иһинээҕи үлэтэ хаалбыт. Кабинеттар уонна кылаастар миэбэллэрэ барыта киирбит.

«Бу нэдиэлэҕэ миэбэли таҥыахпыт уонна техническэй боппуруостары быһаарыахпыт. Саҥа оскуола 220 миэстэлээх, 100-э — уһуйаан иитиллээччилэрэ. Эргэ оскуола 175 миэстэлээҕэ, онтон 100-э уһуйаан киэнэ этэ», — диэбит дириэктэр Савелий Адамов.