Кулун тутар 16 күнэ саха норуотун дьонугар бэлиэ күн. Бу күн саха литературатын төрүттээбит, уһулуччулаах поэт, саха бастакы учуонайа, бөдөҥ общественнай деятелэ Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 147 сылын туолар бэлиэ күн.
Баһылай Бырдьахаанап «Өксөкүлээх Өлөксөй уонна «Ойуун түүлэ» поэма кэм-кэрдии дьүүлүгэр» диэн ыстатыйатыгар улуу киһибит олоҕун сүрүн сыаннаһа туох буоларын субу курдук дьэҥкэтик быһааран биэрэр: «Кулаковскай норуотум иннэ диэн олорон ааспыт киһи. Олоҕун сүнньэ – ити. Ити суолтан кини олоҕун биир да мүччүргэннээх түгэнигэр туораабатаҕа».
Амма Аччыгыйа «Чолбон» сурунаалга тахсыбыт «А.Е. Кулаковскай туһунан аҕыйах тыл» ыстатыйатыгар «Ким төрөөбүт норуотугар, дойдутугар үтүөнү оҥорбут, ол аата-суола сүппэт, үрдээн иһэр» диэн суруйбуттаах. Чахчыта да, оннук. Өксөкүлээх саха омук баарын тухары аата-суола ахтылла, үтүөтэ-өҥөтө үрдүү туруо.








