Кулун тутар 19 күнүгэр үс улууска күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр

Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр иһитиннэрэллэринэн, бүгүн, кулун тутар 19 күнүгэр, хоту үс улууска күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр. Бу туһунан Саха сиринээҕи күнү-дьылы кэтээн көрөр ыстаансыйа иһитиннэрэр.

Ол курдук, Эдьигээҥҥэ сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэ түргэннээх тыал үрүөҕэ, Анаабырга, Булуҥҥа — сөкүүндэҕэ 17-22 миэтэрэ түргэннээх, кытылынан сөкүүндэҕэ 25-30 миэтэрэҕэ тиийиэ, тибиилээх.

«Арҕаа, кулун тутар 21 күнүгэр соҕуруу, Халымаҕа сорох сиринэн хаардыа, сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыалырыа», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Кулун тутар 20 күнүгэр Өлөөҥҥө, Эдьигээҥҥэ сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэ түргэннээх тыал үрүө. Анаабырга, Булуҥҥа сөкүүндэҕэ 17-22 миэтэрэҕэ тиийэ түргэннээхтик тыалырыа, кулун тутар 20 күнүгэр кытылынан сөкүүндэҕэ 25-28 миэтэрэҕэ тиийиэ.

Салгын температурата түүн соҕуруу -13-18°C, сорох сиринэн 9-14°C, күнүс -5-10°C, соҕуруулуу-арҕаа -1-6°C буолуо. Киин улуустарга түүнүн соҕуруу -23-28°C, сарсыарданан -30-35°C, күнүс -8-13°C, кулун тутар 21 күнүгэр сорох сиринэн -3-8°C. Хотугулуу-илин түүн сорох сиринэн -35-40°C, күнүс -13-18°C.