Кулун тутар 3 күнүгэр СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ «Саха» НКИХ төрүттээбитэ

1992 сылга кулун тутар 3 күнүгэр СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев 86 №-дээх ыйааҕынан «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа тэриллибитэ. САССР тэлэбиидэнньэҕэ уонна араадьыйаҕа судаарыстыбаннай кэмитиэтин утумнаабыта.

Билигин «Саха» НКИХ араадьыйа уонна телевидение биэриитин эйгэтигэр Россия регионнарыттан биир инники күөҥҥэ сылдьар бөдөҥ хампаанньа буолар.  Аныгы кэм ирдэбиллэригэр толору эппиэттиир түөрт ханаалы үлэлэтэр: НВК «Саха», «Якутия 24», «ТООКУ»  уонна «Мамонт». Ону таһынан араадьыйа биэриитин ыытар: өрөспүүбүлүкэтээҕи «Тэтим — Саха сирин араадьыйата».

«Саха» НКИХ ханааллара сахалыы уонна нууччалыы тылынан, ону тэҥэ аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларынан тахсаллар.