От ыйын 1 күнүттэн кырдьаҕас дьону иитэр уонна көрөр-харайар дьон страховой биэнсийэлэрин сыллата ыытыллар индексациялааһына оҥоһуллан саҕаланна диэн Госдума пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Дуогабарынан көрөр-харайар дьонноох, иитэр дьиэ кэргэннээх кырдьаҕастар биэнсийэлэрэ булгуччу страховкаланар дьон истэригэр киирсибэттэр. Кинилэргэ страховой биэнсийэлэрэ уонна олохтоммут төлөбүрдэрэ сыллата индексацияланар буолар.
Тустаах сокуон дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан оҥоһуллубута.
РФ үөрэххэ министиэристибэтин көрдөрүүтүнэн, дойду үрдүнэн кырдьаҕас дьону иитэр дьиэ кэргэн ахсаана 111 892 тэҥнэһэр. Барыллаан сыаналааһынынан, 29,6 тыһыынчаҕа кэриҥэ кырдьаҕастары иитэр дьон биэнсийэлэрэ үрдүөҕэ.
Биэнсийэ индексациятыгар көрүллэр эбии ороскуот кээмэйэ (тиэрдии ороскуотун ааҕан туран) 2020 сылга 0,72 миллиард солкуобайга, 2021 сылга – 1,83 миллиард солкуобайга, 2022 сылга – 2,22 миллиард солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.








