Өлүөхүмэҕэ халаантан дьону быыһыыллар

Өлүөхүмэ улууһугар «Полярные авиалинии» Ми-8 бөртөлүөтэ халаантан дьону эвакуациялыырга үлэлиир.

Ол курдук, Кыыллаах сэлиэнньэтиттэн Даппарай бөһүөлэккэ көтөр аал көмөтүнэн 27 киһини быыһаабыттар, ол иһигэр биэс оҕо. Кинилэри барыларын быстах кэмҥэ олорор пууҥҥа киллэрбиттэр.

«Полярные авиалинии» өссө биир Ми-8 бөртөлүөтэ Өлүөхүмэ улууһугар өрүскэ муус харыытын дэлби тэптэрэр үлэҕэ кыттыаҕа.