«Өлүөнэ очуостара» айылҕа пааркатыгар үс ойуур баһаара бохсулунна

Саха сиригэр Хаҥалас улууһугар «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка сиригэр үс ойуур баһаара бохсулунна.

Бу туһунан паарка Instagram аккаунугар суруйбуттар.

«Билиҥҥи кэмҥэ паарка сиригэр-уотугар 22 607 гектар иэннээх алта ойуур баһаара баар. Итинтэн үс баһаар бохсулунна», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Баһаары умуруорууга 214 киһи үлэлиир: 24 паарка үлэһитэ,  Россия биэс субъегыттан 159 «Авиалесоохрана» үлэһитэ, 29 ыҥырыллыбыттар уонна икки кэтээн көрөөччү лётчик. 

«Өлүөнэ очуостара» пааркаҕа баһаартан сэрэхтээх буолуу сезона саҕаланыаҕыттан 11 ойуур баһаара бэлиэтэммит, биэс баһаары умуруордулар.