Өлүөнэ өрүс мууһа икки-үс хонугунан Булуҥ улууһугар тиийиэҕэ

Булуҥ улууһугар Дьаархан аннынан муус хамсааһына бэлиэтэнэр. Икки-үс хонугунан Өлүөнэ өрүс мууһа Булуҥ улууһугар тиийиэҕэ. Бу туһунан сарсыарда РФ ЫБММ СӨ салаата иһитиннэрдэ.

Билигин Өлүөнэ өрүс мууһа Эдьигээн уонна Кэбээйи улуустарынан устар. Муус барыытын уһуна 435 км, ааспыт сууккаҕа 150 км устубут.

Халыма өрүскэ муус Орто Халыманан ааһар. Аллараа кирбиитэ Орто Халыма аннынан 60 км-дээх сиргэ баар. Муус харыыта үөскүүр түгэнигэр аллараа сүүрүгүнэн Орто Халыма аннынан 1250 см-тан 1300 см-га диэри үрдүөн сөп. Ыам ыйын 22-23 күннэригэр Үөһээ Халыма улууһугар Зырянка аннынан уу таһыма 710-730 см буолара күүтүллэр, кутталлаах кирбии – 770 см.

«Зырянка бөһүөлэгэр аэропорт көтөр-түһэр балаһатын 45%-на ууга баран турар. Халыма бөлөх улуустарга Россия ЫБММ үлэһиттэрэ үлэҕэ кытталлар. Халаан балаһыанньатын күннэтэ бэрэбиэркэлиибит. Өскөтүн куттал суоһуур түгэнигэр биэрэги бөҕөргөтөр үлэ ыытыллыа уонна дьону-сэргэни көһөрүөхпүт», — диэн РФ ЫБММ СӨ салаатын салайааччыта Павел Гарин эттэ.